«САЙДАР КЭСКИЛЛЭЭХ САХАМ СИРЭ»
- 13/05/2026
- нет
1992 сыллаахха Саха автономиятын 70 сыллаах үөрүүлээх күнүгэр муус устар 27 күнэ – Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн биллэриллибитэ. Бу күн 1922 сыллаахха РСФСР иһинэн Саха АССР тэриллибитэ. Бу күүтүүлээх уонна үөрүүлээх бэлиэ күн, норуот айымньытын дьиэтигэр «САЙДАР КЭСКИЛЛЭЭХ САХАМ СИРЭ» түөлбэлэр икки ардыларыгар түөрт түһүмэхтээх өй оонньуута буолан ааста.

1 миэстэ «Сандаара» түөлбэ сал. Прибылых И.И.

2 миэстэ «Кустук» түөлбэ сал. Птицына С.Е.

3 миэстэ «Эрэл» түөлбэ сал.Сергучева Н.Н.

Көхтөөх кыттыыны ыллылар «Орленок» түөлбэ сал. Москвитина Р.К., «Березовка» түөлбэ сал. Васильева О.Е., «Төлкө» сал. Скрябина А.И.




Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт, күндү оҕолор! Бүгүҥҥү тэрээһинҥэ кэлэн, биир сомоҕо буолан кыттыыны ылбыккытыгар муҥура суох махталбытын биллэрэбит, баҕарабыт саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, үлэҕэ-үөрэххэ үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, этэҥҥэ буолууну.